User talk:Сур Бөрө
Add topicНөрүөн нөргүй!
[edit source]Сур Бөрө, дьэ барыта сатаммытынан, ыстатыйаҥ Саха Википедия тиһигэр (испииһэгэр, систематыгар) киирбитинэн! Бу сирэйгэ эйиэхэ суруйаллар. Эппиэттиргэр манна уонна суруйбут кыттааччы ырытар сирэйигэр суруйуоххун сөп. Илии баттыыргар редакциялыыр түннүк үрдүгэр баар кнопкалартан биирдэстэрин, кэнникиттэн иккиһин баттыыгын, оччоҕо аатыҥ уонна суруйбут кэмиҥ аптамаатынан киирэн биэриэхтэрэ. Бары үчүгэйи кытта. --87.226.163.54 05:45, 19 November 2007 (UTC)
махтал, бастакы алаадьы - бурдук чөмчөтө (первый блин комом) :)) мантан ылата суруйан иһиэм. Арба, ойуулары, уруһуйдар хайдах киллэрэбин?
Уруһуйдары, хаартыскалары киллэрэр туһунан
[edit source]Викимедия атын бырайыага баар, нууччалыыта Викисклад диэн ааттанар, ол онно ханнык баҕарар мультимедия файллары (билэлэри) киллэриэххэ сөп. Ол кэнниттэн ханнык баҕарар Википедияҕа ол файлга ссылка (ыйынньык) туруораҕын. Оччоҕо ойууҥ "көһөн" кэлбит курдук буолар. Ол ыйынньык холобура маннык буолуон сөп: [[Image:Attila and Saint Loup de Troyes.jpg|Аттила уонна Лу]] эбэтэр [[Image:Attila and Saint Loup de Troyes.jpg|thumb|Аттила уонна Лу]]. Иккис вариаҥҥа ойуу кыччатыллан көстүө.
Манна нуучча википедиятыгар сиһилии быһаарбыттара баар: баттаа Ол гынан баран кэлин (ыстатыйаҕар ыйынньык туруораргар) нууччалыы Изображение диэн оннугар Image туруораргын умнумаар, инкубатор викита английскайдыы эрэ варианы өйдүүр. Размерын бэйэҥ хайдах баҕарар хааччахтыыгын. Ол эмиэ судургу, атын ыстатыйалары көр, хайдах гыммыттарын.
Сэрэтии: Викискладка эмиэ бэлиэтэниэххин наада. Туспа википедия курдук.
Туруорууларгар эл.почтаҕын суруйдаххына уонна атын кыттааччылартан суруктары тутары көҥҥүллэтэххинэ кэпсэтэрбит судургу буолуо этэ. Туох эмит ыйытыы баар буоллаҕына үөрүүннэн эппиэттиэм --HalanTul 02:31, 26 November 2007 (UTC)
Бас тыл
[edit source]Өссө биирдэ махтал! Хата бэрткэ диэн көмөлөстө.
- Субу-субу киирэн көннөрөргүн көрөбүн. Дьэ бэрт. Муус устарга оттон дьэ толору Википедия аһыллар ини. --HalanTul 07:53, 13 March 2008 (UTC)
- Саха Викитекаҕа киирэ сырыттыҥ дуо? Сүрүн сирэйгэ атын ссылка турбут эбит. Саҥардан биэрдим. --HalanTul 08:37, 2 April 2008 (UTC)
Саҥа киирбит дьоҥҥо
[edit source]Бу саҥа киирбит дьоҥҥо аналлаах сурук. Көр эрэ, баһаалыста. Быраабылалар сахалыы тылбаастана иликтэр, онон нууччалыытыгар сигэнним. Тылбаастыырга көмө буолуоҥ дуу:
Final translation needed for creation of Sakha Wikipedia
[edit source]Hello Сур Бөрө. Please see m:Requests for new languages/Wikipedia Sakha#Final translation. Although the Sakha Wikipedia has been approved, it cannot be created until those translations are provided. (I'm contacting editors of the test project with more than 10 edits, so please ignore my message if you don't speak Sakha.) —Pathoschild 22:54:59, 23 May 2008 (UTC)